Сэрии сылын оҕолоругар уонна кырдьастарга диэн сылын ахсын ыытыллар аахсыйа чэрчитинэн муус ыланнар ыалларынан түҥэттилэр.
Хаһан эрэ хаһыакка эдьиий Дора эппитин түбэһэн аахпыппын санаан кэллим: «Хайа даҕаны сиргэ, нэһилиэккэ элбэх кырдьаҕас олорор дойдута ордук көмүскэллээх, чиҥ уонна бөҕө» (Харысхал) буолар диэбитин. Мин оччолорго ону улахаҥҥа ууран долоҕойбор тохтотон оччо-бачча токкоолоһон, иҥэн — тоҥон өйдүү барбатахпын билигин кэлэн сонньуйабын. Хайа даҕаны киһи олорор олоҕун устатын тухары биирдэ эмит «Сир- дойду. Иччи. Киһи уонна Айылҕа.Сиэр-туом» диэн дириҥ, чиҥ өйдөбүллэргэ быстыспат сибээстээх көстүбэт сокуоннаах баарын билинэн, иһигэр ытыктаан ылынар, уһуну-киэҥи анааран толкуйдуур кэмнэрдээх буолар дии саныыбын. КЫРДЬАҔАС дьон махталын ылан алгыска ыпсыбыт саҕа сананан сайдам санааннан салайтаран, чараас эйгэ биллибэт ситимиттэн сиэтэн киллэрэн, киһиэхэ биллибэтинэн күүс эбэр, кыах биэрэр оннук дьикти күүстээҕин төһө хачча билэн эрэрбит буолла?.. Бэл, айылҕа аарыма элбэх араас хайысхаларыгар ханан да дьүөрэтэ суох ылбычча киһи өйдөөбөт, хаһан да халбаҥнаан өлбөөдүйбэт дириҥ ис суолталаах сокуоннар үлэлии тураллар. Киһи уонна кыыл сүөл айылҕа сокуонунан сааһыран кырдьар, кыаллыбат буолан иһэрэ ытарчалаах кыһалҕатыгар кыпсыйан ылара кэлэн иһээхтиир. Кырдьаҕас бөрө соҕотох хаалан харахтарын уота былыр өһөн өлөр өлүүтүн кэтэһэн быстарыаҕын, дьиктитэ диэн, эдэр доҕотторо бултаан аҕаланнар, хайа да атахтаах, хаамар-сүүрэр кыахтаах булан ылбат туспа хаспаҕар бүтэһик «ыарыытын» ыарыыланан сытар кырдьаҕаска ас аҕалан быраҕаллар диэни истэммин сүрдээҕин сөҕө даҕаны, уйадыйа санаабыттааҕым… Айылҕаҕа суруллубатах суоруллубат сокуоннар тулхадыйбакка үлэлииллэр. Эдэр дьон үтүө санаатынан кэскиллээх ымыы чычаас быһаарыытынан бөһүөлэкпит иһигэр баар кырдьаҕастарга уонна сэрии сылын оҕолоругар диэн анаан аһымал аахсыйата Сартаҥ нэһилиэгэр быйыл даҕаны салҕанан барбытын истэммин сүрдээҕин үөрдүм уонна кырдьаҕас, Доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ, пенсионерка, күн бүгүнүгэр дылы, балайда сааһыгар (75) сүһүөхтэригэр туран, атахтарын үрдүгэр сылдьан, оттоон- мастаан, сүөһү сылгы тутан олорор Старостина Мария Ивановна илдьитин ылынаммын хаһыат нөҥүө барҕа махталларын тиэрдэргэ быһаарынным.
Сылын ахсын аҕыйаан көлө суох буолан моһуогурдар кэмин аахсыбаккалар, кырдьаҕастарга анаан собуотунньук тэрийэн муус ылыытыгар үлэлээбит уолаттарга, санааларыгар даҕаны астык буоллаҕа. Олохтоох администрация бачыымынан быйылгы сылга салҕанан барбыт муус ылыытын үлэтигэр эдэр дьоннор ааттара ааттанар, хайаан даҕаны ахтыллар. «Кырдьар диэн кырыыс» дэһиспэккэ, сааһырыы боруогар үктэнэн илии-атах бокоорон, сэниэ-санаа тиийбэт кэмигэр салҕаан, хайа да кэмҥэ өйөбүл буолан, илин-кэлин түсүһэн, өҥөнү оҥорон көмөлөһөр дьоммутугар мин тус бэйэм ааппыттан эмиэ барҕа махталбын биллэрэбин! Тиэйиигэ сылдьыбыт муус ылбыт дьоһун дьоннорбут чаҕылхай ыччаттарбыт, эһиги баар буолаҥҥыт чэрдээх илиигит иэйиитинэн, көмөлөөх санааҕыт сыратынан САРТАҤ-2024 сылы эбэбит барахсан дьэҥкир ыраас мууһунан, саҥа Сылбытын алгыһынан көрсүөхпүт, сап сахалыы саймаарыччы үүттээх чэйбитин иһэн сырылатыахпыт .
Толору сандалылаах элбэх быйаҥнаах, инники өттүгэр өҥ дьыллар эһиги дьиэҕит тосхолугар толору буолуохтун! Үтүө санааҕыт уон оччоннон эргийиэҕэр хайаан даҕаны эрэнэбин.
Механизатордарбытыгар, чуолаан Старостин Дмитрий Дмитриевичка барҕа махталбын этиэхпин баҕарабын! Ону таһынан Слепцов Борис Николаевичка, олохтоох администрация баһылык солбуйааччытыгар Неустроев Николай Иннокентьевичка, ветеринарнай сулууспа үлэһитигэр Неустроев Афанасий Семёновичка, соц.харалта үлэһиттэригэр Аммосов Иннокентий Никитичкэ, Слепцов Юрий Владимировичка, Культура киинин үлэһиттэригэр Слепцов Данил Иннокентьевичка, Слепцов Миxаил Николаевичка, Алексеев Ярослав Григорьевичка, Слепцов Егор Егоровичка.
Балаһаны бэлэмнээтэ суруналыыс Стручкова Г.С.- ТАБАЙААНА